20 Оттон үөрэнээччилэрэ сир-сир устун сылдьан Айыы Тойон көмөтүнэн бар дьону үөрэппиттэрэ. Кинилэр үөрэтэр үөрэхтэрин Иисус эппит дьикти бэлиэлэрэ бигэргэтэллэрэ. Аминь.
Айыы Тойон маны этэн баран, Халлааҥҥа тахсан Таҥара уҥа өттүгэр олорбута.
Үгүстэр биһиэхэ буолбут түбэлтэлэри хайыы-үйэ сэһэргээн суруйар буолбуттарыттан,
ону хара маҥнайгыттан көрбүт-истибит, Тыл туһугар сулууспалаабыт дьон биһиэхэ тиэрдибиттэрин
Ону ол диэбэккэ, Апостоллар, манна өссө да өр хаалан, Айыы Тойон туһунан хорсуннук кэпсээбиттэрэ. Айыы Тойон Бэйэтин илгэлээх үтүөтүн туһунан үөрэтэр тылы туоһулаан, кинилэр илиилэринэн бэлиэлэри, араас дьиктилэри оҥороро.
эмтиир-үтүөрдэр илиигин утары уун итиэннэ Сибэтиэй Уолуҥ Иисус аатынан бэлиэлэри, дьиктилэри оҥорон көрдөр!»
Таҥара Бэйэтин Апостолларынан бар дьоҥҥо үгүс дьиктилэри, элбэх бэлиэлэри көрдөрбүтэ. Итэҕэйээччилэр бары биир санаанан Соломон колоннадатыгар түмсэллэрэ.
Биһиги, Таҥара үлэтин толорсор дьон, Киниттэн бэлэх ылбыт илгэлээх үтүөҕүтүн халтайга хаалларымаҥ диэн, эһигиттэн көрдөһөбүт.
маҥнай Айыы Тойон илэ Бэйэтинэн биллэрбит, онтон ону Киниттэн Бэйэтиттэн истибит дьон бигэргэппит итиччэлээх улуукан быыһабылын аахайбатахпытына, биһиги буруйтан-сэмэттэн хайдах куотуохпутуй?
Таҥара итини барытын эҥин араас сөҕүмэр бэлиэтинэн, дьиктитинэн, араас күүстээх дьайыытынан итиэннэ Бэйэтин көҥүлүнэн Сибэтиэй Тыынын биэртэлээн туоһулаан турар буолбатах дуо?