Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Марк 16:15 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

15 Итиэннэ кинилэргэ эппитэ: «Эһиги аан дойду устун сылдьан бар дьоҥҥо Евангелиены иһитиннэриҥ.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Марк 16:15
27 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Кини иннигэр уот күлүбүрүү айанныыр, тула өстөөхтөрүн түрүтэ салыыр.


Уруйдаатыннар кинилэр Эн улуукан дьулаан ааккын; Эн аатыҥ сибэтиэй!


Онон бараҥҥыт, бары норуоттары Мин үөрэнээччилэрим буолалларыгар уһуйуҥ. Кинилэри Аҕа, Уол, Сибэтиэй Тыын аатыгар сүрэхтээҥ уонна


Ол гынан баран бүтэр уһук кэлиэн иннинэ, бары норуоттарга Евангелиены иһитиннэриллиэхтээх.


Миигин эһиги талбатаххыт – Мин Бэйэм эһигини талан ылбытым; баран туһаны аҕаларгыт, ол туһаҕыт үйэлэргэ барарын туһугар, итиэннэ Мин ааппын ааттаан туран Аҕабыттан тугу баҕарар көрдөстөххүтүнэ, Кини ону биэрэрин туһугар, Мин эһигини туруорбутум.


«Эһиэхэ эйэ буоллун! – диэбитэ Иисус иккиһин. – Аҕам Миигин ыыппытын курдук, Мин эмиэ эһигини ыытабын».


Ол эрээри Сибэтиэй Тыын үөһэттэн түһэн эһиэхэ киирдэҕинэ, эһиги күүс ылан, Иерусалимҥа да, бүтүн Иудея, Самария да устун – сир бары уһугар тиийэ Мин кэрэһиттэрим буолуоххут».


Ол эрээри эһигиттэн ыйытыам этэ: кинилэр ама истибэтэхтэр үһү дуо? Биллэн турар, истибиттэрэ! «Кинилэр саҥалара бүтүн сир үрдүнэн дуораһыйбыта, эппит тыллара сир-халлаан сиксигэр тиийэ иһиллибитэ».


Кини кэлэн эһиэхэ, ыраах да сылдьааччыларга, чугас да баардарга эйэ туһунан иһитиннэрбитэ,


Онон эһиги инникитин, Таҥара иннигэр турар туһугар, итэҕэл бигэ акылаатыгар тирэҕирэн, уҥа-хаҥас халбаҥнаабакка, Таҥара тыла биэрэр эрэлин энчирэтиэ суохтааххыт. Бу Евангелиены эһиги истибиккит, бу Евангелие аан дойду дьонугар барытыгар иһитиннэриллибитэ; мин, Павел эмиэ, бу Евангелие үлэһитэ буолбутум.


Эһиэхэ тиийбит Евангелиены истэн, Таҥара илгэлээх үтүөтүн дьиҥнээхтии билбит күҥҥүтүттэн ыла бу тыл, эмиэ эһиги олоххутун уларыппытын курдук, бүтүн аан дойду устун дьон олоҕун уларыта, тэнийэ-тарҕана турар.


Ону биһиги, Кинини көрбүт дьон, Аҕата Уолун аан дойдуну быыһатаары ыыппыта диэн туоһулуубут.


Онтон халлаан үөһүнэн атын Аанньал сир үрдүгэр олорооччуларга – хас биирдии омукка, биис ууска, тылга, норуокка – үйэттэн үйэлэр тухары өлбөөдүйбэт Евангелиены илдьэ көтөн иһэрин көрбүтүм.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ