6 Бырааһынньыкка норуот көрдөһүүтүнэн Пилат биир хаайыылааҕы босхолуур үгэстээҕэ.
«Аны икки күнүнэн Паасха буоларын эһиги билэҕит. Онно Киһи Уолун тутаннар, кириэскэ тиирдэрэ биэриэхтэрэ».
«Ол эрээри бырааһынньыкка түбэһиннэримиэҕиҥ, норуокка улахан айдаан тахсыан сөп», – диэн сүбэлэспиттэрэ.
Ол саҕана буолбут өрө турууга дьону өлөрөн, биир санаалаахтарын кытта хаайыллан сытар Варавва диэн киһи баара.
Петр тиэргэҥҥэ киирэр халҕан аан таһыгар туран хаалбыта. Онтон архиерейы билэр үөрэнээччи тахсан аан харабыла дьахтарга этэн, Петры иһирдьэ киллэртэрбитэ.
Онуоха дьэ Пилат Иисуһу тиирдэрэ биэрбитэ. Буойуннар Иисуһу илдьэ барбыттара.
Икки сыл ааспытын кэннэ, Феликс оннугар Порций Фест олорбута. Иудейдар санааларын табаары, Феликс Павелы хаайыыттан таһаарбатаҕа.
Фест иудейдарга үчүгэй буолан: «Иерусалимҥа барсан, бу буруйдааһыннарынан мин дьүүлбэр туруоххун баҕараҕын дуо?» – диэн ыйыппыта.