4 Пилат Киниттэн хат ыйыппыта: «Эн тоҕо тугу да хоруйдаабаккыный? Көрбөккүн дуо Эйигин хайдах курдук элбэххэ буруйдуулларын?»
Архиерей туран Иисустан: «Тоҕо хоруйдаабаккын? – диэн ыйыппыта. – Эбэтэр ити буруйдуулларыгар тугу да утары этэр кыаҕыҥ суох дуу?»
«Эйигин итинник элбэххэ буруйдуулларын Эн истибэккин дуо?» – диэбитэ Пилат Киниэхэ.
Архиерейдар Кинини элбэххэ буруйдаабыттара.
Ол эрээри, Пилат дьиктиргиэн иһин, Иисус маныаха даҕаны тугу да хоруйдаабатаҕа.
«Миэхэ хоруйдаабаккын дуо? – диэбитэ Пилат. – Мин Эйигин кириэскэ тиирэр да, босхолуур да былаастаахпын билбэккин дуо?»