35 Аттыгар турааччылартан сорохторо маны истэн: «Көр, Илияны ыҥырар!» – дэспиттэрэ.
Тоҕус саҕана Иисус улаханнык саҥаран: «Элои! Элои! Ламма савахфани?» – диэбитэ. (Ол аата, тылбаастаатахха – «Таҥарам, Таҥарам! Эн Миигин тоҕо хааллардыҥ?»)
Ким эрэ сүүрэн тиийэн, гуупкаҕа уксууһу оборторон ылан тайахха иилэн баран, онтун Кини уоһугар үҥүлүтэ туран: «Бэйи тохтооҥ, Илия Кинини түһэрэ кэлэр эбит дуу, суох дуу, көрүөхпүт», – диэбитэ.