Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Марк 15:34 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

34 Тоҕус саҕана Иисус улаханнык саҥаран: «Элои! Элои! Ламма савахфани?» – диэбитэ. (Ол аата, тылбаастаатахха – «Таҥарам, Таҥарам! Эн Миигин тоҕо хааллардыҥ?»)

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Марк 15:34
16 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Давид псалома. Айыы Тойон – мин Маныыһытым; тугунан да мин тутайыам суоҕа:


Быыһаа норуоккун, алҕаа бас билиигин; үйэлэр тухары көрөн-истэн, көтөҕөн ис кинини.


Бары ыраахтааҕылар киниэхэ сүгүрүйүөхтэрэ, бары норуоттар киниэхэ үлэлиэхтэрэ.


Алта чаастан тоҕус чааска диэри сир үрдүгэр ыас хараҥа бүрүүкээн турбута.


Тоҕус чаас саҕана Иисус улаханнык хаһыытаабыта: «Или, Или! Лама савахфани?» (Ол аата, тылбаастаатахха: «Таҥарам! Таҥарам! Тоҕо Эн Миигин хааллардыҥ?» – диэн.)


Кинини кириэскэ үс чаас саҕана тиирбиттэрэ.


Аттыгар турааччылартан сорохторо маны истэн: «Көр, Илияны ыҥырар!» – дэспиттэрэ.


Күнүс алта чаас саҕана сир үрдүнэн им балай хараҥа бүрүүкээн, тоҕуска диэри ыаһыран турбута:


Иисус улаханнык: «Аҕаа! Тыыммын Эйиэхэ туттарабын», – диэт, тыына быстыбыта.


Биирдэ тоҕус чаас саҕана, Корнилий көрдөҕүнэ, Таҥара Аанньала кини дьиэтигэр киирэн: «Корнилий!» – диэн ыҥырбыта.


Христос өссө сиргэ сылдьан, Кинини өлөр өлүүттэн быыһыыр кыахтаах Таҥара иннигэр туран күүскэ ааттаһан, хараҕын уутун тоҕон, истиҥ ытыктабылынан көрдөһүүтүн ылыннарбыта.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ