34 «Дууһам өлөр кутурҕаҥҥа ылларда; эһиги манна олоро түһүҥ, утуйумаҥ», – диэбитэ.
кинилэргэ эппитэ: «Дууһам өлөр кутурҕаҥҥа ылларда; утуйумаҥ, манна Миигин кытта бииргэ олоро түһүҥ».
«Билигин дууһам долгуйда. Тугу этиэмий? „Аҕаа! Бу чаастан Миигин быыһаан ыл!“ диэм дуо? Бу чаас туһугар Мин кэлбитим эбээт.
Ол эрээри туох барыта бүтэр уһуга чугаһаата. Онон эһиги өйдөөхтүк-төйдөөхтүк олоруҥ, сэргэхтик үҥэ сылдьыҥ.
Өйдөөн-төйдөөн сылдьыҥ, сэрэхтээх буолуҥ: өстөөххүт адьарай кими эмэ булан мэҥиэстээри тула эргийэ, хахайдыы хаһыытыы сылдьар.