32 Гефсимания диэн ааттанар дэриэбинэҕэ кэлбиттэрэ. Иисус үөрэнээччилэригэр эппитэ: «Мин баран үҥэн кэлиэхпэр диэри, эһиги манна олоро түһүҥ».
Айыы Тойон андаҕайан эппитэ, Кини ону кэмсиниэ суоҕа: «Эн Мелхиседек чыынынан үйэлэр тухары Таҥара үлэһитэҕин».
Петр буоллаҕына өссө ордук итийэн-кутуйан туран эппитэ: «Эйигин кытта өлүөм да иһин, мин Эйигиттэн аккаастаныам суоҕа». Үөрэнээччилэр бары эмиэ ити курдук эппиттэрэ.
«Авва, Аҕаа! – диэбитэ. – Эйиэхэ туох барыта кыаллар. Бу эрэй-буруй иһитин Миигин тумуннар. Ол эрээри Мин көҥүлбүнэн буолбатын, Эн көҥүлгүнэн буоллун».
Итиэннэ эмиэ тэйэ баран, били эппитин хатылаан үҥпүтэ.