Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Марк 14:30 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

30 «Кырдьыгы эйиэхэ этэбин, – диэбитэ Иисус, – бу түүн, бөтүүк иккитэ хаһыытыан иннинэ, эн Миигиттэн үстэ аккаастаныаҥ».

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Марк 14:30
17 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Иисус эппитэ: «Кырдьыгы эйиэхэ этэбин: Бу түүн бөтүүк хаһыытыы илигинэ, эн Миигиттэн үстэ аккаастаныаҕыҥ».


Онон сэргэх сылдьыҥ: дьиэлээх хаһаайын хаһан төннөрүн – киэһэ дуу, түүн үөһүгэр дуу, бөтүүк хаһыытыырын саҕана дуу, биитэр сарсыарда дуу кэлэрин – эһиги билбэккит.


Петр Киниэхэ: «Бары да Эйигиттэн тэйбиттэрин иһин, мин тэйиэм суоҕа», – диэбитэ.


Петр буоллаҕына өссө ордук итийэн-кутуйан туран эппитэ: «Эйигин кытта өлүөм да иһин, мин Эйигиттэн аккаастаныам суоҕа». Үөрэнээччилэр бары эмиэ ити курдук эппиттэрэ.


Иисус эппитэ: «Эйиэхэ этэбин, Петр: бүгүн бөтүүк хаһыытыан иннинэ, эн Миигин билбэппин диэн үстэ мэлдьэһиэҥ».


«Мин туспар тыыҥҥын толук биэриэҥ дуо? – диэбитэ Иисус. – Дьиҥ кырдьыгы эйиэхэ этэбин: бөтүүк хаһыытыан иннинэ, эн Миигиттэн үстэ аккаастаныаҥ».


Халҕан ааны харабыллыыр кулут дьахтар Петртан: «Эн эмиэ ити Киһи үөрэнээччитэ этиҥ буолбат дуо?» – диэн ыйыппыта. «Эчи суох», – диэбитэ Петр.


Онон тирэхтээхтик турабыт дии сананар дьон, охтубат туһугар, сэрэхтээх буоллуннар.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ