24 Иисус эппитэ: «Бу – бар дьон туһугар тохтор, Саҥа Кэс Тылы бигэргэтэр Мин Хааным.
Киһи Уола эмиэ Бэйэтигэр туһалатаары кэлбэтэҕэ, Бэйэтэ туһалаары, олоҕун бар дьон туһугар толук биэрээри, кэлбитэ».
Онтон иһити ылан, Таҥараҕа махтанан баран, кинилэргэ биэрбитэ, бары ол иһиттэн испиттэрэ.
Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Таҥара Саарыстыбатыгар саҥа арыгыны иһиэхпэр диэри, Мин аны бу виноград арыгытыттан – испэппин».
Аһылык кэнниттэн кинилэргэ иһити биэрэн баран, эппитэ: «Бу иһит – эһиги тускутугар тохтор Мин Хааным бигэргэппит Саҥа Кэс Тыла.
Иисус кинилэргэ эппитэ: «Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: эһиги Киһи Уолун Этин сиэбэт, Кини Хаанын испэт буоллаххытына, искитигэр бараммат олохтонуоххут суоҕа.
Бу махтанан туран иһэр алгыстаах иһиппит биһигини Христос Хааныгар тиксиһиннэрэр буолбатах дуо? Оттон бу тоһутан ылан сиир килиэппит биһигини Христос Этигэр-сиинигэр тиксиһиннэрэр буолбатах дуо?
Онтон эмиэ аһылык кэнниттэн иһити ылан: «Бу иһит – Мин Хааным бигэргэппит саҥа кэс тыла; бу иһиттэн иһэргитигэр Миигин өйдөөн-санаан туран иһэр буолуҥ», – диэбитэ.