23 Онтон иһити ылан, Таҥараҕа махтанан баран, кинилэргэ биэрбитэ, бары ол иһиттэн испиттэрэ.
Онтон иһити ылан Таҥараҕа махтанан баран, кинилэргэ биэрэ туран эппитэ: «Бары бу иһиттэн иһиҥ.
Аһыы олордохторуна, Иисус килиэби ылан алҕаан баран, тоһутан кинилэргэ биэрбитэ итиэннэ: «Ылан сиэҥ, бу Мин Этим-сииним», – диэбитэ.
Иисус эппитэ: «Бу – бар дьон туһугар тохтор, Саҥа Кэс Тылы бигэргэтэр Мин Хааным.
Итиэннэ иһити ылан Таҥараҕа махтанан баран, эппитэ: «Маны ылан үллэстэн иһиҥ.
Ханнык эрэ күнү ордук суолталыыр киһи Айыы Тойон туһугар суолталыыр, оттон суолталаабат киһи – Айыы Тойон туһугар суолталаабат. Ким аһыыр, ол Таҥараҕа махтанан, Айыы Тойон туһугар аһыыр, ким аһаабат, ол эмиэ Таҥараҕа махтанан, Айыы Тойон туһугар аһаабат.
Бу махтанан туран иһэр алгыстаах иһиппит биһигини Христос Хааныгар тиксиһиннэрэр буолбатах дуо? Оттон бу тоһутан ылан сиир килиэппит биһигини Христос Этигэр-сиинигэр тиксиһиннэрэр буолбатах дуо?