22 Аһыы олордохторуна, Иисус килиэби ылан алҕаан баран, тоһутан кинилэргэ биэрбитэ итиэннэ: «Ылан сиэҥ, бу Мин Этим-сииним», – диэбитэ.
Дьону окко олордорго соруйан баран, биэс килиэби уонна икки балыгы ылан, халлааны көрөн туран алҕаабыта, онтон килиэби тоһутан үөрэнээччилэригэр биэрбитэ; үөрэнээччилэрэ ону дьоҥҥо түҥэппиттэрэ.
Уонна оҕолору кууһан ылан баран, илиитин ууран туран алҕаабыта.
Киһи Уола, Кини туһунан суруллубутун курдук, баран иһэр, ол эрээри сор-муҥ күүтэр Киһи Уолун таҥнарааччыны: кини олох да төрөөбөтөҕө буоллар, ордук буолуо этэ».
Онтон иһити ылан, Таҥараҕа махтанан баран, кинилэргэ биэрбитэ, бары ол иһиттэн испиттэрэ.
Иисус эппитэ: «Бу – бар дьон туһугар тохтор, Саҥа Кэс Тылы бигэргэтэр Мин Хааным.
Иисус биэс килиэби кытта икки балыгы ылан баран, халлаан диэки көрөн туран Таҥараҕа махтаммыта уонна килиэби тоһутан үөрэнээччилэригэр, дьоҥҥо түҥэтиҥ диэн, биэртэлээбитэ. Икки балыгы эмиэ барыларыгар үллэрбитэ.
Итиэннэ иһити ылан Таҥараҕа махтанан баран, эппитэ: «Маны ылан үллэстэн иһиҥ.
Аһаары олорбуттарыгар килиэби ылан алҕаан баран, тоһутан кинилэргэ биэрбитэ.
Ол ыккардыгар Айыы Тойон алҕаабыт килиэбин сиэбит сирдэрин аттыгар Тивериадаттан эбии атын оҥочолор кэлитэлээбиттэрэ.
бары биир духуобунай утаҕы утахтаммыттара: ол хайдах диэтэххэ, кинилэри кытта барсан иһэр духуобунай очуос таастан утахтарын ханнараллара, оттон ол таас – Христос Бэйэтэ этэ.
Кини – Аравияҕа баар Синай хайата, билиҥҥи Иерусалимы сирэйдээн бэлиэтиир, тоҕо диэтэххэ, Иерусалим оҕолорунуун кулут буолан олорор.