21 Киһи Уола, Кини туһунан суруллубутун курдук, баран иһэр, ол эрээри сор-муҥ күүтэр Киһи Уолун таҥнарааччыны: кини олох да төрөөбөтөҕө буоллар, ордук буолуо этэ».
Ол эрээри оччоҕо Суруйууларга этиллибит хайдах туолуо этэй?»
Ол эрээри бу барыта, пророктар суруйбуттара туоларын туһугар, буолла». Онуоха үөрэнээччилэрэ бука бары Кинини хаалларан, куотан хаалбыттара.
«Миигин кытта биир иһиттэн умньаан сии олорор киһи, Уон Иккиэлэртэн биирдэскит, – диэбитэ Иисус. –
Аһыы олордохторуна, Иисус килиэби ылан алҕаан баран, тоһутан кинилэргэ биэрбитэ итиэннэ: «Ылан сиэҥ, бу Мин Этим-сииним», – диэбитэ.
Хас күн аайы Мин эһигини Таҥара Дьиэтигэр үөрэтэрим, онно эһиги Миигин туппатаххыт. Ол эрээри Суруйууларга этиллибит туолуохтун».
Киһи Уола анаммытынан баран иһэр, ол эрээри Кинини таҥнарааччыны сор-муҥ кэтэһэр».
«Өссө эһигини кытта сылдьан Моисей Сокуонугар, Пророктарга, Саалтыырга Мин туспунан суруллубут туолуохтаах диэн эппитим бу туолла», – диэбитэ Иисус.
Бу кэнниттэн Иисус барыта хайыы-үйэ туолбутун билэр буолан, Суруйууларга этиллибит ситэрин туһугар: «Утаттым», – диэбитэ.
Таҥара эрдэттэн анаан оҥкуллаабытын курдук, Иисуһу эһиэхэ тутан биэрбиттэрин эһиги, Таҥараны билбэт омуктарга биэрэн, кириэскэ хам хараҕалатан өлөртөрбүккүт.
Дьэ дьиҥ чахчы, Эн модун кыаххынан эрдэттэн эппитиҥ туолуон иһин, бу куоракка Ирод, Понтий Пилат, иудейдар, атын да норуоттар Эн сибэтиэй Уолгун Иисуһу утарса мустубуттар.