19 Кинилэр, онтон курутуйан, биир-биир Киниэхэ: «Ол ама мин буолуом дуо?» – дэһиспиттэрэ.
Мантан күүскэ санаарҕааннар, бары биир-биир Киниттэн: «Тойонуом, ол ама мин буолуом дуо?» – диэн ыйыппыттара.
Өттүгэстээн сытан аһаан эрдэхтэринэ, Иисус эппитэ: «Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: эһигиттэн биирдэскит, Миигин кытта бииргэ аһыы олорооччу, Миигин таҥнарыаҕа».
«Миигин кытта биир иһиттэн умньаан сии олорор киһи, Уон Иккиэлэртэн биирдэскит, – диэбитэ Иисус. –
Үөрэнээччилэрэ Кини кими этэрин өйдөөбөккө, сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиспиттэрэ.