Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Марк 14:1 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

1 Икки күнүнэн Паасха уонна Көтөхтөрүүтэ суох Килиэп бырааһынньыга саҕаланыахтааҕа. Архиерейдар уонна сокуонньуттар Иисуһу албыннаан тутан ылан өлөрөр албаһы көрдөөбүттэрэ.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Марк 14:1
23 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Биир эмэ өйдөөҕү-төйдөөҕү, Таҥараны көрдөөччүнү булан көрөөрү, Таҥара халлаантан киһи аймаҕы анаарар.


Бүтүн олохтооҕор күндү Эн бигэ тапталыҥ, Эйиэхэ мин этиэм уруй-айхал тылларын.


Дууһам Эйиэхэ ыга сыһынна, Эн күүстээх илииҥ миигин өйөөтө.


Фарисейдар мантан бараннар, хайдах гынан Кинини өлөрөр туһунан сүбэлэспиттэрэ. Ол эрээри Иисус итини билэн атын сиргэ барбыта.


Онон, кыһалҕалаахха көмөлөстөххүтүнэ, сирэй көрбөхтөр үтүөнү оҥорон баран хайҕатаары, синагогаларга уонна болуоссаттарга арбаналларын курдук, арбанымаҥ. Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: кинилэр манньаларын хайыы-үйэ толору ылан эрэллэр.


Көтөхтөрүүтэ суох Килиэп бырааһынньыгын бастакы күнүгэр – Паасхаҕа анаммыт бараан оҕотун өлөрүөхтээх күннэригэр – үөрэнээччилэрэ Иисустан: «Паасха аһын ханна аһыаххын баҕараҕыный? – диэн ыйыппыттара. – Биһиги баран бэлэмниэ этибит».


«Бырааһынньык эрэ кэмигэр түбэһиннэримиэҕиҥ, аны норуот өрө туруо», – диэн сүбэлэспиттэрэ.


Ону истэн, архиерейдар уонна фарисейдар синедриону түмэн мунньахтаабыттара: «Тугу гынабыт? Бу Киһи элбэх дьиктини оҥорон эрэр.


Паасха бырааһынньыгын иннинэ Иисус бу аан дойдуну хаалларан, Аҕатыгар барар кэмэ кэлбитин билэр буолан, бу дойдуга баар Бэйэтин дьонун тиһэҕэр диэри уостубат тапталынан таптыырын көрдөрбүтэ.


Кини Петры, туттаран, хаайыыга уктарбыта уонна Паасха кэнниттэн норуот иннигэр дьүүлгэ таһаараары, түөртүү киһилээх түөрт симиэнэ харабылы туруоран, маныырга дьаһайбыта.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ