37 Бу эһиэхэ эппиппин барыгытыгар этэбин: сэргэх сылдьыҥ».
Онон сэргэх сылдьыҥ: Тойоҥҥут кэлэр күнүн эһиги билбэккит.
Онон сэрэниҥ, сэргэх буолуҥ, Таҥараҕа үҥэ сылдьыҥ: ол кэм хаһан тиийэн кэлэрин эһиги билбэккит.
Онон сэргэх сылдьыҥ: дьиэлээх хаһаайын хаһан төннөрүн – киэһэ дуу, түүн үөһүгэр дуу, бөтүүк хаһыытыырын саҕана дуу, биитэр сарсыарда дуу кэлэрин – эһиги билбэккит.
Кэм-кэрдии кэмчитин билэр дьон сиэринэн олоруҥ: утуйбут уубутуттан уһуктар чааспыт хайыы-үйэ кэллэ, быыһанарбыт бастаан итэҕэйбит кэммитинээҕэр билигин ордук чугаһаата.