29 Ол курдук эмиэ, бу этиллибит туолан эрэрин көрдөххүтүнэ, эһиги биири билиэх тустааххыт: ол аата Кини чугаһаабыт, ааҥҥа кэлбит.
Дьүүлгэ турбат туһугар, бырааттарыам, бэйэ-бэйэҕитин сэмэлэспэт-суҥхаласпат буолуҥ: Судьуйа хайыы-үйэ субу ааҥҥа кэлэн турар.
Бу смоковницаны холобур оҥостуҥ: лабаалара хайыы-үйэ сымнаан, сэбирдэхтэрэ быган таҕыстахтарына, эһиги сайын чугаһаабытын билэҕит.
Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: субу көлүөнэ ааһа илигинэ, бу эппитим барыта буолуоҕа.