24 Ол күннэргэ, кутурҕан кэнниттэн, „күн хараара өлүөҕэ, ый сырдыгын биэрбэт буолуоҕа,
Оттон эһиги сэрэхтээх буолуҥ. Бу туох буолуохтааҕын барытын эһиэхэ эрдэттэн кэпсээтим.
Айыы Тойон Күнэ, түүн уоруйах кэлэрин курдук, кэлиэҕэ. Ол күн халлаан лүһүгүрээбитинэн көстө сүтүөҕэ, куйаар бары эттиктэрэ умайан урусхалланыахтара, сир уонна сир үрдүгэр баар барыта уокка умайыаҕа.
Онтон мин сүдү бэйэлээх үрүҥ бүрүстүөлү уонна ол бүрүстүөлгэ Олорооччуну көрбүтүм; сир-халлаан Кини ньууруттан куотан, аны хаһан да эргийбэттии симэлийэ сүппүтэ.