17 Ыарахан да буолуо ол кэмҥэ оһоҕостоох дьахталларга, эмиийдээх оҕолоох ийэлэргэ!
«Ити тугу дииллэрин Эн истэҕин дуо?» «Истэбин, – диэбитэ Иисус. – „Кыракый оҕолор, эмиийдээх оҕолор уостарынан Эн айхал тылларын этиттиҥ“ диэн суруллубутун эһиги, ама, аахпатаххыт дуо?»
ким хонууга сылдьыбыт – сонун ыла эргиллибэтин.
Ити куотуугут кыһыҥҥы кэмҥэ түбэспэтин туһугар үҥүҥ.
Ыарахан да буолуо ол саҕана оһоҕостоох дьахталларга, эмиийдээх оҕолоох ийэлэргэ: сир үрдүгэр улуу кутурҕан буолуоҕа, бу норуокка Таҥара уора-кылына түһүөҕэ.
„Оҕоломмоттор, төрөөбөт киэлилээхтэр, эмтэрбэт эмиийдээхтэр дьоллоохтор!“ – диир күннэрэ кэлэн иһэллэр.