Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Марк 12:6 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

6 Тиһэҕэр өссө биир соҕотох таптыыр уоллааҕын, уолбун ытыктыахтара дии санаан, ыыппыт.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Марк 12:6
32 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Уолугар эһиги сүгүрүйүҥ – Кинини кыыһырдан суолга быстарбат туһугар, бэрт сотору Кини уора-кылына уоттуу оргуйуоҕа. Киниэхэ эрэнээччилэр бука бары дьоллоохтор.


Айыы Тойон ыйааҕын Мин иһитиннэриэм: Кини эттэ: «Эн Миэхэ Уолум буолаҕын, Мин бүгүн Эйигин төрөттүм;


Мин Аҕам тугу барытын Миэхэ туттарбыта; Аҕатыттан ураты Уолун ким да билбэт, ол курдук эмиэ Уолуттан ураты, уонна Уола арыйыан баҕарбыт дьонуттан ураты, ким да Аҕаны билбэт.


Маны этэн бүтэ илигинэ, эмискэ сандаархай былыт кэлэн кинилэргэ сыдьаайбыта, былыт быыһыттан саҥа дуораһыйбыта: «Бу баар – Мин үтүө көҥүлбүн толорор Тапталлаах Уолум; Кинини истиҥ!»


Иисус саҥарбатаҕа. Онуоха архиерей эппитэ: «Тыыннаах Таҥара аатынан Эйигин модьуйабын: биһиэхэ эт – Таҥара Уола Христос Эн дуо?»


Дьэ онуоха Халлаантан: «Бу баар – Мин үтүө көҥүлбүн толорор Тапталлаах Уолум», – диир саҥа иһиллибитэ. 3


Онтон Халлаантан саҥа дуораһыйбыта: «Мин үтүө көҥүлбүн толорор Тапталлаах Уолум Эн буолаҕын».


Өссө ыыппыт: ону даҕаны, онтон да атын ыыппыт элбэх киһитин – сороҕун кырбаабыттар, сороҕун өлөрбүттэр.


Онуоха виноградник үлэһиттэрэ сүбэлэспиттэр: „Бу нэһилиэнньик, онон кинини өлөрдөхпүтүнэ, нэһилиэстибэтэ биһиэхэ тиксиэ“.


Онтон кинилэргэ былыт сыдьаайбыта, ол быыһыттан: «Бу баар – Мин Тапталлаах Уолум, Кинини истиҥ!» – диир саҥа сатараабыта.


Сибэтиэй Тыын холууп курдук көрүҥнэнэн Киниэхэ түһэн кэлбитэ, онуоха Халлаантан: «Мин үтүө көҥүлбүн толорор Тапталлаах Уолум Эн бааргын!» – диир саҥа дуораһыйбыта.


Онтон былыт быыһыттан: «Мин Тапталлаах Уолум бу баар, Кинини истиҥ!» – диир саҥа дуораһыйбыта.


Тыл Киһи буолан Киниэхэ толору баар илгэлээх үтүөнэн, кырдьыгынан сыдьаайан, биһигини кытта олорбута, онон биһиги Кини кэрэмэн килбиэнин, Аҕа Төрөппүт соҕотох Уолун килбиэнин, көрбүппүт.


Таҥараны ким да хаһан да көрбөтөҕө, арай Аҕатыгар баар Кини Төрөппүт соҕотох Уола биһиэхэ Таҥараны көрдөрбүтэ.


Мин ону көрбүт буолан, Таҥара Уола бу Кини диэн туоһулуубун!»


«Равви! – Нафанаил саҥа аллайа түһэр. – Эн Таҥара Уолунаҕын, Израиль Ыраахтааҕытынаҕын!»


Аҕата Уолун таптыыр буолан, тугу барытын Киниэхэ туттарбыта.


Оттон Бастакы Уолун аан дойдуга киллэрэригэр эмиэ: «Таҥара Аанньаллара бары Киниэхэ сүгүрүйүөхтүннэр», – диир.


Таҥара биһигини таптыырын бу аан дойдуга соҕотох Уолун, биһиги Кининэн олоххо тиксэрбит туһугар, ыытан биллэрбитэ.


Күндүтүк саныыр Гаийбар – эйигин ис сүрэҕиттэн таптыыр кырдьаҕастан.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ