31 Оттон иккис итиниэхэ холоонноох кэриэс – „Чугастааҕыгын, бэйэҕин таптыырыҥ курдук, таптаа“. Бу иккиттэн ордук суолталаах кэриэс суох».
Иккис эмиэ итиниэхэ холоонноох: „Чугастааҕыгын, бэйэҕин таптыырыҥ курдук, таптаа“.
Онон дьон эһиэхэ хайдах сыһыаннаһыан баҕараргыт курдук, бэйэҕит эмиэ кинилэргэ соннук сыһыаннаһыҥ. Сокуон да, Пророктар да итинник үөрэтэллэр.
Сокуонньут эппитэ: «Бэрт сөп, Үөрэтээччи! „Таҥара биир эрэ, Киниттэн ураты атын суох“ диэн Эн чахчыны эттиҥ.
«„Айыы Тойон Таҥараҕын ис сүрэххиттэн, ис дууһаҕыттан, туох баар өйгүнэн-санааҕынан, күүскүнэн-күдэххинэн барытынан таптаа“ уонна „чугастааҕыгын, бэйэҕин таптыырыҥ курдук, таптаа“», – диэн эппиэттээбитэ киһи.
Сокуон бүтүннүүтэ «чугастааҕыгын, бэйэҕин таптыырыҥ курдук, таптаа» диэн биир этиигэ түмүллэ сылдьар.
Оттон Кини биһиэхэ биэрбит кэриэһэ этэр: Таҥараны таптыыр киһи быраатын эмиэ таптыахтаах.