Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Марк 11:23 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

23 Кырдьыгы эһиэхэ этэбин, ким бу хайаны, көтөҕүллэн тахсан муораҕа түс дии туран, эппитим туолуо диэн ис сүрэҕиттэн, кыратык да саарбахтаабакка, итэҕэйэр буоллаҕына, тугу эппитэ туолуо.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Марк 11:23
11 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Эн уордайаҥҥын, эппэр өлүөр сирим орпото, аньыым-харам таарыйан, уҥуохтарым кыйытталлар.


Иисус маны истэн, оҥочоҕо олорон соҕотоҕун иччитэх сиргэ устубута; барбытын билэн, дьон куораттан ыла сатыы батыһан тиийбиттэрэ.


«Итэҕэлгит кэмчи, ол иһин, – диэбитэ Иисус. – Кырдьыгы эһиэхэ этэбин, өскөтүн эһиги хартыыһа да сиэмэтин саҕа итэҕэллээх туран, бу хайаҕа: „Мантан көһөн онно бар“, – диэтэргит, хайа сонно оннуттан көһүө этэ; оччоҕо эһиэхэ кыаллыбат диэн туох да суох буолуо этэ;


«Кырдьыгы эһиэхэ этэбин, – диэбитэ Иисус, – эһиги саарбахтаабакка итэҕэйэр буоллаххытына, бу смоковницаны хатарыахтааҕар буолуох, оннооҕор ити хайаны: „Өрө көтөҕүллэн тахсан муораҕа түс“, – диэтэххитинэ, ону толоруо этэ.


Айыы Тойон эппитэ: «Эһиги хартыыһа сиэмэтин саҕа итэҕэллээххит эбитэ буоллар, субу үүнэн турар смоковница, сиртэн силистэри хоҥнон байҕалга көс диэтэххитинэ, эппиккитин толоруо этэ.


Итиэннэ Мин ааппын ааттаан туран, Аҕабыттан тугу баҕарар көрдөстөххүтүнэ, Мин – Аҕа Уолунан албан аатырарын туһугар – эһиги көрдөспүккүтүн толоруом.


Оттон Миэхэ буоллаххытына, Мин этэр тылбын сүрэххитигэр иҥэриннэххитинэ, эһиги тугу баҕараргытын көрдөһүҥ – ол барыта эһиэхэ бэриллиэҕэ.


Өскөтүн мин Таҥара этиитин дьоҥҥо тиэрдэр дьоҕурдаах пророк, бары кистэлэҥи барытын билэр, бары өттүнэн толору билиилээх итиэннэ бэл хайалары да оннуттан халбарытар күүстээх итэҕэллээх киһи буолан бараммын – сүрэхпэр таптала суох буоллахпына, ол аата мин ким да буолбатахпын.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ