Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Марк 11:22 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

22 Иисус итиннэ хоруйдаан кинилэргэ эппитэ: «Эһиги Таҥараны итэҕэйэр буолуҥ.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Марк 11:22
10 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Эн миэхэ көмөлөһөргүттэн үөрэммин, мин Эн кынатыҥ хаххатыгар ырыа ыллыыбын.


«Чэ кэл!» – Иисус ыҥырбыта. Петр оҥочоттон тахсан, уу устун хааман Иисус диэки барбыта,


«Итэҕэлгит кэмчи, ол иһин, – диэбитэ Иисус. – Кырдьыгы эһиэхэ этэбин, өскөтүн эһиги хартыыһа да сиэмэтин саҕа итэҕэллээх туран, бу хайаҕа: „Мантан көһөн онно бар“, – диэтэргит, хайа сонно оннуттан көһүө этэ; оччоҕо эһиэхэ кыаллыбат диэн туох да суох буолуо этэ;


«Кырдьыгы эһиэхэ этэбин, – диэбитэ Иисус, – эһиги саарбахтаабакка итэҕэйэр буоллаххытына, бу смоковницаны хатарыахтааҕар буолуох, оннооҕор ити хайаны: „Өрө көтөҕүллэн тахсан муораҕа түс“, – диэтэххитинэ, ону толоруо этэ.


Иисус киниэхэ эппитэ: «Итэҕэйэр кыахтаах буоллаххына, итэҕэйээччигэ туох барыта кыаллар».


«Эһиги дьиксиниэ суохтааххыт. Таҥараны уонна Миигин итэҕэйиҥ!


Эһиги сүрэхтэнэҥҥит Христостуун бииргэ көмүллүбүккүт уонна Кинини өлбүттэртэн тилиннэрбит Таҥара күүһүгэр итэҕэлгитинэн бииргэ тиллибиккит.


Биир итэҕэллээхпитинэн дьиҥ уолум буолар Титкэ – Таҥара кулута, Иисус Христос Апостола Павелтан. Эйиэхэ Аҕа Таҥарабытыттан уонна Быыһааччыбытыттан – Айыы Тойон Иисус Христостан бары илгэлээх үтүөнү кытта аһыныгас санаа, эйэ-ил тосхойо туруохтун! Таҥара талбыт дьонун итэҕэл, кырдьыгы билии, бэриниилээх буолуу суолугар сирдиирим, сүрэхтэригэр бараммат олоххо эрэли уһугуннарарым туһугар, Кини миигин бу сулууспаны толорторо ыыппыта. Сымыйаны эппэт Таҥара бараммат олоҕу өссө хайа да үйэ үөскүөн инниттэн эрэннэрэн баран, туһааннаах кэмэ кэлбитигэр, Бэйэтин тылын Быыһааччы Таҥарабыт соруйуутунан миэхэ эрэниллибит итэҕэл тылынан арыйан биэрбитэ.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ