17 Итиэннэ үөрэтэригэр эппитэ: «„Мин Дьиэм бары норуоттар үҥэр дьиэлэринэн ааттаныа“ диэн суруллубатаҕа этэ дуо? Ону эһиги ороспуойдар ордуулара оҥорбуккут».
Таҥара Дьиэтин иһинэн ким да тугу да тутан ааһарын көҥүллээбэтэҕэ.
«Мин Дьиэм үҥэр дьиэ буолар диэн суруллубута, ону эһиги ороспуойдар ордуулара гыммыккыт!» – диэбитэ.
Ол кэлэн көрбүтэ, Таҥара Дьиэтин тиэргэнигэр оҕус, бараан, холууп атыылааччылар, харчы уларытааччылар олороллоро.
Уонна холууп атыылааччыларга эппитэ: «Балары мантан киэр гыныҥ! Мин Аҕам Дьиэтин эргиэн дьиэтэ оҥостумаҥ!»