42 Иисус барыларын бииргэ ыҥыран ылан эппитэ: «Бары норуоттарга бас-көс дэтэр дьонноро баһылыылларын, үрдүк сололоохторо тойоргуулларын эһиги билэҕит.
Ол эрээри Иисус кинилэри ыҥыран ылан эппитэ: «Таҥараны билбэт омуктарга бас-көс дьонноро баһылыылларын, бу дойду улуулара кинилэргэ тойон буолалларын эһиги билэҕит,
Маны истэн атын уон үөрэнээччи Иаковтаах Иоаҥҥа абарбыттара.
Оттон эһиэхэ оннук буолбатын: ким эһиги ортоҕутугар улахаҥҥыт буолуон баҕарбыт – эһиэхэ чаҕар буоллун;
Иисус эппитэ: «Ыраахтааҕылар норуоттары баһылыыллар, бастаахтар үтүөнү оҥорооччуларбыт дэнэллэр.
Эһиги харалтаҕытыгар бэриллибит үөргэ тойорҕообокко, бэйэҕитинэн туохха барытыгар холобур буолуҥ.