40 ол эрээри Мин уҥа биитэр хаҥас өттүбэр ким олорорун Бэйэм быһаарбаппын: кимиэхэ бэлэмнэммит, ол олоруоҕа».
Иисус эппитэ: «Эһиэхэ Халлаан Саарыстыбатын кистэлэҥнэрин билэр кыах бэриллибитэ, оттон кинилэргэ бэриллибэтэҕэ.
Иисус кинилэргэ эппитэ: «Мин иһэр иһиппиттэн иһиэххит, Мин сүрэхтэниибинэн сүрэхтэниэххит, ол гынан баран уҥа-хаҥас өттүбэр ким олорорун Мин быһаарбаппын, ону Аҕам Бэйэтэ кимиэхэ бэлэмнээбитинэн буолуоҕа».
Онтон уҥа өттүгэр турааччыларга Ыраахтааҕы этиэҕэ: „Кэлиҥ, Мин Аҕам алгыстаахтара, аан дойду айыллыаҕыттан эһиэхэ анаммыт Саарыстыбаны нэһилиэстибэҕэ ылыҥ.
Эн Киниэхэ бүтүн киһи аймах үрдүнэн былааһы биэрбитиҥ курдук, Кини эмиэ Эн Киниэхэ биэрбит дьоҥҥор бараммат олоҕу биэриэҕэ.
Аҕаа! Эн Миэхэ биэрбит дьонуҥ Мин баар сирбэр Миигинниин бииргэ буолуохтарын баҕарабын; Эн Миигин бу аан дойду айыллыан инниттэн таптаан биэрбит албан аатыҥ килбиэнин кинилэр көрдүннэр.
Иисус эппитэ: «Аҕам Бэйэтин былааһынан ханнык болдьоҕу, кэми-кэрдиини анаабытын эһиги билэр кыаххыт суох.
ол эрээри бу дьон быдан ордукка – Халлааннааҕы дойдуга – дьулуһаллара, ол иһин Таҥара, кинилэргэ куорат бэлэмнээн, Бэйэтин аһаҕастык кинилэр Таҥараларынабын диир.