Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Марк 10:38 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

38 «Тугу көрдөһөргүтүн бэйэҕит да билбэккит, – Иисус хоруйдаабыта. – Мин иһэр иһиппиттэн кыайан иһиэххит, Мин сүрэхтэнэрбинэн кыайан сүрэхтэниэххит дуо?»

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Марк 10:38
14 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Оо, дьулааҥнын даҕаны Эн! Ким Эн уордайар кэмҥэр иннигэр кэлэн туруоҕай?


Итиэннэ, кыратык тэйэн баран, сиргэ умса түһэн үҥпүтэ: «Аҕаккаам! Кыаллар буоллаҕына, бу эрэй-буруй иһитэ Миигин тумнан аастын. Ол эрээри Мин көҥүлбүнэн буолбатын, Эн көҥүлгүнэн буоллун».


аньыыларын-хараларын этинэн туран, Иордан өрүскэ киниэхэ сүрэхтэммиттэрэ.


«Авва, Аҕаа! – диэбитэ. – Эйиэхэ туох барыта кыаллар. Бу эрэй-буруй иһитин Миигин тумуннар. Ол эрээри Мин көҥүлбүнэн буолбатын, Эн көҥүлгүнэн буоллун».


Мин сүрэхтэниини ааһыах тустаахпын: ол хаһан туоларын кэтэһэн олус да туоххаһыйдым!


«Аҕаа! Оо, арай Эн бу эрэй-буруй иһитин Миигин тумуннарарыҥ буоллар! Ол эрээри Мин көҥүлбүнэн буолбатын, Эн көҥүлгүнэн буоллун».


«Батаскын кыыныгар ас, – диэбитэ Иисус Петрга. – Аҕам Миэхэ биэрбит иһититтэн Мин ама иһиэм суоҕа дуо?»


Тыын эмиэ биһигини, мөлтөхтөрү, бөҕөргөтөр; биһиги хайдах үҥүөхтээхпитин да билбэппит, ол гынан баран Тыын, киһи тылынан да кыайан эппэттии, дириҥник өрүтэ тыынан, Бэйэтэ биһиги туспутугар Таҥара иннигэр көрдөһөр.


Көрдөһөргүтүгэр эһиги үтүөҕэ дьулуһан буолбакка, таҕылгытын тарҕатаары көрдөһөҕүт, ол иһин эһиэхэ бэриллибэт.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ