Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Марк 10:17 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

17 Иисус суол устун баран эрдэҕинэ, биир киһи сүүрэн кэлэн Кини иннигэр сөһүргэстии түспүтэ: «Үтүө Үөрэтээччи! Бараммат олоххо тиксэр туһугар, мин тугу гыныахтаахпыный?»

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Марк 10:17
28 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Элбэх дьон тоҕуоруһан турар сиригэр төннөн кэлбиттэригэр биир киһи Кини иннигэр кэлэн сөһүргэстии түспүтэ:


Онтон уҥа өттүгэр турааччыларга Ыраахтааҕы этиэҕэ: „Кэлиҥ, Мин Аҕам алгыстаахтара, аан дойду айыллыаҕыттан эһиэхэ анаммыт Саарыстыбаны нэһилиэстибэҕэ ылыҥ.


Кинилэр хаспахтан бэрт тиэтэлинэн тахсан, улаханнык куттанан да, үөрэн да, Кини үөрэнээччилэригэр кэпсии сүүрбүттэрэ.


Биирдэ араҥ буолбут киһи Кини иннигэр кэлэн, сөһүргэстээн туран: «Эн баҕарыаҥ эрэ кэрэх – миигин ырааһырдыаҥ этэ», – диэн көрдөспүтэ.


Иисус эппитэ: «Эн Миигин тоҕо үтүө диэн ааттыыгыный? Таҥараттан ураты үтүө ким да суох.


Олор кэлэн Киниэхэ эппиттэрэ: «Үөрэтээччи! Эн көнөҕүн, кимиэхэ да бэрт буола сатаабаккын билэбит; Эн хайа да киһини, кимин-тугун көрбөккө, дьиҥ чахчы Таҥара суолугар үөрэтэҕин. Рим ыраахтааҕытыгар түһээни төлүүр көҥүллэнэр дуу, суох дуу? Биһиги төлүүрбүт сөп дуу, төлөөбөппүт сөп дуу?»


Иисус дьон саба сырсан иһэллэрин көрөн, быртах тыыны боппута: «Тыла суох дьүлэй тыын! Эйиэхэ этэбин: киниттэн таҕыс уонна хаһан да киниэхэ кииримэ!»


Биир сокуонньут Иисуһу холоон көрөн: «Үөрэтээччи! Бараммат олоххо тиксэр туһугар, мин тугу гыныахтаахпыный?» – диэн ыйыппыта.


Кини түүн Иисуска кэлэн эппитэ: «Равви! Эн Таҥара ыыппыт Үөрэтээччитэ буоларгын билэбит. Ким да, Таҥара кинини кытта бииргэ буолбатаҕына, бу Эн көрдөрөр дьиктилэргин оҥорор кыаҕа суох».


Эһиги Суруйуулары ааҕан, бараммат олоххо тиксиэхпит диигит, ол иһин барытын кыһаллан туран чинчийэҕит. Оттон Суруйуулар Мин туспунан туоһулууллар эбээт.


Кини Уолун көрөн итэҕэйбит киһи барыта бараммат олохтоноро – бу буолар Миигин ыыппыт Аҕам көҥүлэ; Мин ол киһини тиһэх күҥҥэ тилиннэриэҕим».


Онтон кинилэри таһаартаан баран: «Тойотторуом! Быыһанар туһугар тугу гынабын?» – диэн ыйыппыта.


Маныаха дьон сүрэхтэригэр ыттаран, Петртан уонна атын Апостоллартан: «Бырааттарбыт, оччоҕо тугу гынабыт?» – диэн ыйыппыттара.


Аны билигин эһигини Таҥараҕа уонна Кини эһигини бөҕөргөтөр, Бэйэтин бары дьонун кытта тэҥҥэ нэһилиэстибэ биэрэр кыахтаах илгэлээх үтүө тылыгар туттарабын.


Савл титирэстиэр диэри, уолуйа куттанан ыйыппыта: «Айыы Тойон, тугу оҥор диэн дьаһайаҕын?» Онуоха Айыы Тойон: «Туран куоракка тиий, тугу гынаргын онно этиэхтэрэ», – диэбитэ.


өрүүтүн үтүөнү оҥорон Таҥараттан дьиҥнээх албан ааты, үрдүк чиэһи, өлбөт үйэни ыларга дьулуспуттары бараммат олоххо тиксэриэҕэ,


Аньыы төлөбүрэ – өлүү, оттон Таҥара бэлэҕэ – Христос Иисус Айыы Тойоммутун кытта биир буолан тиксэр бараммат олохпут.


Кини эһигини ыҥырбыт эрэлэ тугун, сибэтиэйдэргэ биэрэр килбиэннээх нэһилиэстибэтэ хайдах курдук баайын билэргит туһугар, сүрэххит хараҕын сырдатыахтын;


Кинилэр бука бары быыһаныахтаах дьоҥҥо көмөҕө ыытыллар, сорукка сылдьар тыыннар буолбатахтар дуо?


эһиэхэ, Таҥара тиһэх кэмҥэ арыллыахтаах быыһабылга анаан сүдү күүһүнэн араҥаччылыыр дьонугар, бэриллэрдии халлааҥҥа ууруллубут, сүппэт-симэлийбэт, ыраас кэхтибэт нэһилиэстибэҕэ тиксэрбитин кэтэһэбит.


Бараммат олох – бу баар Кини биһиэхэ биэриэх буолан эрэннэрбитэ!


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ