42 Сонно тута киһи араҥ ыарыыта ааһан, үтүөрэн хаалбыта.
Кэлиҥ, бэйэҕит билиҥ Айыы Тойон хайдахтаах үтүөтүн! Ким Киниэхэ эрэнэр, ол дьоллоох.
«Оо, эн улуу итэҕэллээх дьахтар эбиккин! – диэбитэ маны истэн Иисус. – Чэ, эн баҕарбытыҥ хоту буоллун». Дьахтар кыыһа сонно үтүөрбүтэ.
Иисус чугаһаан кэлэн, кинини илиититтэн ылан туруорбутугар тииһигэ ааһан, туран кинилэргэ ас тэрийбитинэн барбыта.
Иисус ыарыһаҕы аһынан, илиитин уунан таарыйан баран: «Ырааһырыаххын баҕарабын, ырааһыр!» – диэбитэ.
Иисус киниэхэ кытаанахтык эппитэ: «Көр, бу туһунан кимиэхэ да тугу да кэпсээмэ. Бараҥҥын аҕабыыкка көрдөрүн, уонна ырааһырбытыҥ иһин, бары көрөллөрүгэр Моисей биэрэргэ соруйбут бэлэҕин туттар». Маны этээт, сонно төттөрү ыыппыта.
Таарыйаатын, хаана барара тохтоон үтүөрэн хаалбыта, ону бүтүн этинэн-хаанынан билбитэ.
Мин эһиэхэ эппит тылбын ылынан, эһиги хайыы-үйэ ырааһырдыгыт.