41 Иисус ыарыһаҕы аһынан, илиитин уунан таарыйан баран: «Ырааһырыаххын баҕарабын, ырааһыр!» – диэбитэ.
Кэлиҥ, бэйэҕит билиҥ Айыы Тойон хайдахтаах үтүөтүн! Ким Киниэхэ эрэнэр, ол дьоллоох.
Үтүмэн үгүс киһи, маныыһыта суох бараан үөрүн курдук, үрэллэн, сырата-сылбата быстан сылдьарын Кини аһына көрбүтэ.
Биирдэ араҥ буолбут киһи Кини иннигэр кэлэн, сөһүргэстээн туран: «Эн баҕарыаҥ эрэ кэрэх – миигин ырааһырдыаҥ этэ», – диэн көрдөспүтэ.
Сонно тута киһи араҥ ыарыыта ааһан, үтүөрэн хаалбыта.
Кини туран тыалы буойан муораҕа: «Уурай, тохтоо!» – диэтин кытта, сонно тута тыал сэллээн, улуу чуумпу буолбута.
«Талифа куми!» – диэбитэ. (Ол аата, тылбаастаатахха, «Кыысчаан, эйиэхэ этэбин, тур!»)
Иисус оҥочоттон тахсан, көй үгүс киһи мустубутун көрөн, маныыһыта суох барааннар курдуктарын иһин, аһыммыта, онон кинилэри элбэххэ үөрэтэн барбыта.
Уола, Аҕатын кэрэмэн килбиэнин сыдьаайа, ис дьиҥин уобараһа, сири-халлааны барытын этэр тылын күүһүнэн салайар. Кини биһиги аньыыбытын-харабытын Бэйэтинэн ыраастаан баран, үөһэ баар улуу бүрүстүөл уҥа өттүгэр олорбута.
Дьэ ол иһин, Кини Таҥара иннигэр амарах сүрэхтээх эрэллээх Архиерей буолан, норуот аньыытын-харатын бырастыы гыннарар туһугар, бырааттарыгар бары өттүнэн дьүөрэлэһиэхтээх этэ.
Кини – биһиги туспутугар кыһаллар-мүһэллэр Архиерей – мөлтүүр-ахсыыр кэммитигэр биһигини аһынар-харыһыйар кыахтаах, Кини эмиэ биһиги курдук бары өттүнэн тургутууну ааспыта, арай атына диэн аньыыны-хараны оҥорботоҕо.