40 Биирдэ араҥ буолбут киһи Кини иннигэр кэлэн, сөһүргэстээн туран: «Эн баҕарыаҥ эрэ кэрэх – миигин ырааһырдыаҥ этэ», – диэн көрдөспүтэ.
Хараҕа суохтар харахтаналлар, доҕолоҥнор атахтаналлар, араҥ ыарыылаахтар ырааһыраллар, дьүлэйдэр истэр буолаллар, өлбүттэр тиллэллэр, оттон дьадаҥылар Үөрүүлээх Илдьити истэллэр.
Элбэх дьон тоҕуоруһан турар сиригэр төннөн кэлбиттэригэр биир киһи Кини иннигэр кэлэн сөһүргэстии түспүтэ:
Иисус ыарыһаҕы аһынан, илиитин уунан таарыйан баран: «Ырааһырыаххын баҕарабын, ырааһыр!» – диэбитэ.
Иисус суол устун баран эрдэҕинэ, биир киһи сүүрэн кэлэн Кини иннигэр сөһүргэстии түспүтэ: «Үтүө Үөрэтээччи! Бараммат олоххо тиксэр туһугар, мин тугу гыныахтаахпыный?»
Итиэннэ Бэйэтэ, бырахтахха, таас тиийэр сиригэр баран, сөһүргэстээн туран үҥпүтэ:
онтон сөһүргэстии түһэн күүһүн муҥунан, – Айыы Тойон, бу аньыыларын бырастыы гын!» – диэн саҥа аллайан баран, тыына быстыбыта.
Ол туһугар мин Иисус Христос Айыы Тойоммут Аҕатын иннигэр сөһүргэстээн туран үҥэбин;