26 Быртах тыын киһини чиччигинэппитинэн, улаханнык хаһыытаат, тахсан барбыта.
Иисус кинини бобон кытаанахтык: «Саҥарыма, киһиттэн таҕыс!» – диэбитэ.
Бары куттанан: «Бу аата тугуй? – дэспиттэрэ. – Бу туох саҥа үөрэҕэй: бэл быртах тыыннары буойталыыр былаастаах, олор Киниэхэ бас бэринэллэр!»
Уолу аҕалбыттара. Быртах тыын буулаабыт уола, Иисуһу көрөөт да, тартаран барбыта, сиргэ охтон түһэн, айаҕыттан күүгэн алла-алла, төкүнүйэ сылдьыбыта.
Быртах тыын үөгүлээн баран, уолу күүскэ титирэстэппитинэн, тахсан барбыта. Уол өлбүт курдук буолан хаалбыта, ону көрөн үгүстэр: «Өллө», – дэспиттэрэ.
оттон кинитээҕэр күүстээх киһи кэлэн саба түһэн кинини кыайдаҕына, били эрэммит саатын-саадаҕын былдьаан ылан, булумньутун атыттардыын үллэстиэҕэ.
куһаҕан тыын хам ыллаҕына, оҕом эмискэ үөгүлүү түһэр; күүгэн аллыар диэри, оҕобун сордуур, сорун сордоон баран биирдэ, нэһиилэ тэйэр.
Уол чугаһаан истэҕинэ, абааһы кинини сиргэ охторбута; оҕо иҥиир-ситиитин тартаран барбыта; Иисус быртах тыыны бобон уолчааны үтүөрдэн, аҕатыгар туттарбыта.