25 Иисус кинини бобон кытаанахтык: «Саҥарыма, киһиттэн таҕыс!» – диэбитэ.
Быыһаа хааны тохпут аньыыбыттан, Айыы Таҥара, миигин быыһыыр Таҥарам, оччоҕо Эн кырдьыккын мин айхаллыам.
Сонно бу икки киһи көрөр буолан хаалбыттара. «Өйдөөҥ, бу туһунан ким да билиэ суохтаах», – диэн Иисус кытаанахтык сэрэппитэ.
«Һуой, Эн биһиэхэ тугуҥ кыһалҕатай, Назарет Иисуһа? – диэн хаһыытаабыта. – Биһигини үрэйэ кэлбиккин! Эн Кимҥин билэбин: Эн Таҥара Сибэтиэйинэҕин!»
Быртах тыын киһини чиччигинэппитинэн, улаханнык хаһыытаат, тахсан барбыта.
Иисус араас ыарыылаах элбэх киһини үтүөрдүбүтэ, үгүс абааһыны дьонтон үүрэн таһаарбыта; абааһылар Кини Христос буоларын билэллэрин иһин, саҥаралларын бобор этэ.
Иисус дьон саба сырсан иһэллэрин көрөн, быртах тыыны боппута: «Тыла суох дьүлэй тыын! Эйиэхэ этэбин: киниттэн таҕыс уонна хаһан да киниэхэ кииримэ!»
Иисус киниэхэ кытаанахтык: «Саҥарыма, киниттэн таҕыс!» – диэбитэ. Абааһы киһини синагога ортотугар охторон түһэрэн баран, киниэхэ туох да куһаҕаны оҥорбокко, тахсан барбыта.
Үгүстэртэн абааһылар хаһыытаабытынан тахсан бараллара уонна: «Эн Христоскун, Таҥара Уолаҕын!» – дииллэрэ. Иисус, Кини Христос буоларын билэллэрин иһин, абааһылар саҥаралларын кытаанахтык боборо.
Кини Павелы уонна биһигини батыһа сылдьан: «Бу дьон Үрдүктэн Үрдүк Таҥара кулуттара! Кинилэр биһиэхэ быыһанар суолу иһитиннэрэллэр!» – диэн хаһыытыыра.