10 Ууттан тахсан иһэн Кини Халлаан арыллан эрэрин уонна Сибэтиэй Тыын холууп курдук Киниэхэ түһэн иһэрин көрбүтэ.
Иисус сүрэхтэнээт, ууттан тахсыбытыгар арай Кини үрдүгэр Халлаан арыллан биэрбитэ, онно көрдөҕүнэ, Таҥара Тыына холууп курдук Киниэхэ түһэн иһэрэ.
Онтон Халлаантан саҥа дуораһыйбыта: «Мин үтүө көҥүлбүн толорор Тапталлаах Уолум Эн буолаҕын».
Ол саҕана маннык буолбута: Галилея Назаретыттан Иисус кэлэн, Иордан өрүскэ Иоаҥҥа сүрэхтэммитэ.
Сибэтиэй Тыын холууп курдук көрүҥнэнэн Киниэхэ түһэн кэлбитэ, онуоха Халлаантан: «Мин үтүө көҥүлбүн толорор Тапталлаах Уолум Эн бааргын!» – диир саҥа дуораһыйбыта.