60 Иисус ол киһиэхэ эппитэ: «Өлбүттэрин өлбүттэр бэйэлэрэ харайдыннар, оттон эн бараҥҥын дьоҥҥо Таҥара Саарыстыбатын туһунан иһитиннэр».
Иисус Галилеяны бүтүннүүтүн кэрийбитэ: синагогаларыгар үөрэтэрэ, Саарыстыба Евангелиетын иһитиннэрэрэ уонна араас ыарыыттан, кыаммат буолууттан үтүөрдэрэ.
Иисус эппитэ: «Миигин батыс. Өлбүттэрин өлбүттэр бэйэлэрэ харайдыннар».
Бу уолум өлөн баран тилиннэ, сүтэн баран көһүннэ“. Бырааһынньык саҕаламмыт.
Хата бу маннык хомойуох кэриэтэ быраатыҥ өлөн баран тиллибитигэр, сүтэн баран көстүбүтүгэр үөрүөххэ-көтүөххэ баар этэ“».
Евангелиены иһитиннэрэрбэр киэн туттарым миэхэ тугум да суох. Бу – мин булгуччу толоруохтаах ытык иэһим. Миэхэ хайдахтаах эрэй-муҥ буолуо этэй арай дьоҥҥо Евангелиены иһитиннэрбэтим эбитэ буоллар!
Урут эһиги эмиэ буруйдаах, аньыылаах-харалаах буолаҥҥыт, Таҥара хараҕар өлбүт дьон кэриэтэ этигит,
оттон көччүйэн-көрүлээн олорор дьахтар тыыннаахтыы өлбүтүн кэриэтэ.
Таҥара тылын иһитиннэрэ сырыт, кэмэ буоллун, кэмэ буолбатын – дьаныардаах буол; итэҕэйээччилэр аньыыларын ыйа-көрдөрө, санааларын көтөҕө сырыт, үөрэтэргэр тулуурдаах буол.
Оттон эн тугу барытын өйдөөн-төйдөөн ырыҥалаа, ыарахаттары кытаатан тулуй, Евангелиены иһитиннэрээччи сулууспатын оҥоро-ситэрэ сырыт, бэйэҥ үлэҕин эҥкилэ суох толор.
Сардис сиэркэбин Аанньалыгар суруй: «Таҥара сэттэ тыынын кытта сэттэ сулуһу Тутан Турааччы маннык этэр: эн бары дьайыыгын билэбин – тыыннаах курдук ааттааххын-суоллааххын эрээри, дьиҥэр, өлбүккүн.