56 Киһи Уола дьон дууһатын өлөрө кэлбэтэҕэ, быыһыы кэлбитэ». Онон атын дэриэбинэҕэ барбыттара.
Көрүҥ эрэ, бу кыралартан кими да сэнээбэт буолуҥ. Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: кинилэр Аанньаллара мэҥэ халлааҥҥа Мин Халлааннааҕы Аҕам ыксатыгар сылдьаллар.
Киһи Уола сүппүтү көрдөөн быыһыы кэлбитэ.
Киһи Уола Бэйэтигэр туһалатаары кэлбэтэҕэ, Бэйэтэ туһалаары, олоҕун бар дьон туһугар толук уураары, кэлбитэ».
Оттон Мин эһиэхэ этэбин: өһүөннээх киһиэхэ утарсыма. Ким эмэ эйигин уҥа иэдэскэ оҕустаҕына – киниэхэ атын иэдэскин тоһуйан биэр;
Киһи Уола өлбүтү-сүппүтү булан быыһыы кэлбитэ».
«Түксү, тохтооҥ», – диэбитэ Иисус итиэннэ кулут кулгааҕын тарбаҕынан таарыйан үтүөрдэн кэбиспитэ.
Иисус эппитэ: «Аҕаа! Бырастыы гын кинилэри – тугу гыналларын билбэттэр». Түөрэх бырахсаннар, таҥаһын үллэстибиттэрэ.
Иисус эргиллэн, кинилэри буойбута: «Ханнык Тыын дьоно буоларгытын билбэккит.
Айаннаан истэхтэринэ, аара суолга ким эрэ Кинини: «Тойонуом! – диэн ыҥырбыта. – Эн ханна да барбытыҥ иһин, мин Эйигин батыһан барыам».
Уоруйах уора, өлөрө итиэннэ үрэйэ эрэ кэлэр, оттон Мин эһиэхэ олоҕу – толору олоҕу – биэрэ кэлбитим.
Оттон ким эмэ Мин этэр тылбын истэн баран, итэҕэйбэт буоллаҕына, кинини дьүүллээбэппин: Мин бу дойдуну, дьүүллүү буолбакка, быыһыы кэлбитим.
Таҥара Уолун аан дойдуну дьүүллэтэ ыыппатаҕа, аан дойду Кининэн быыһанарын туһугар ыыппыта.
Куһаҕаҥҥа кыайтарыма, куһаҕаны үтүөҕүнэн кыай.
Христос Иисус аньыылаах дьону быыһаары бу орто дойдуга кэлбитэ диэн этии дьиҥ кырдьыктаах, ким баҕарар толору ылынарыгар сөптөөх этии; оттон кинилэртэн саамай халыҥ аньыылаахтара мин буолабын.