45 Үөрэнээччилэр буоллаҕына бу этиини, суолтата кинилэртэн кистэммит буолан, өйдөөбөтөхтөрө, оттон тугу эппитин Бэйэтиттэн ыйытыахтарын саллаллара.
Петр Кинини ыҥыран ылан: «Бэйэҕин аһын, Тойонуом! – диэн утарардыы эппитэ. – Эн итинник эрэ буолбатыҥ буоллар!»
Галилеяҕа сылдьан Иисус үөрэнээччилэригэр эппитэ: «Киһи Уолун сотору дьон илиитигэр биэрэн
Кинилэр, ону ылыммыттара эрээри: «„Өлөн баран тиллэр“ диэн туох баҕайыный?» – дэһэ испиттэрэ.
Бу кэпсиирин өйдөөбөтөхтөрө эрээри, ыйытыахтарын дьулайбыттара.
Бу этиллибиттэн үөрэнээччилэр тугу да өйдөөбөтөхтөрө, Иисус этэр тылын ис хоһооно кинилэртэн кистэммит буолан, өйдөрүгэр түспэтэҕэ.
Дьоно Иисус тугу эппитин өйдөөбөтөхтөрө.
Үөрэнээччилэргэ кинилэртэн хайалара ордук улаханын быһаарсыһыах санаа киирбитэ.
Үөрэнээччилэрэ бастаан маны өйдөөбөтөхтөрө гынан баран, кэлин, Иисус албан аатырбытын кэннэ, Кини туһунан итинник суруллубутун уонна Кинини итинник көрсүбүттэрин өйдөөн кэлбиттэрэ.
«Христос үйэлэр тухары баар буоларын Сокуонтан билэбит, – диэбитэ норуот, – оччоҕо Киһи Уола үөһэ таһаарыллыахтаах диэн Эн хайдах этэҕиний? Киһи Уола кимий?»
«Тойоммуот! Эн ханна бараргын биһиги билбэппит, онон барар суолгун хайдах билиэхпитий?» – диэбитэ Фома.
Онуоха үөрэнээччилэрэ бэйэлэрин икки ардыларыгар: «Ким эрэ ас аҕалан биэрбитэ буолуо дуо?» – дэһиспиттэрэ.