Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Лука 9:28 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

28 Бу кэнниттэн аҕыс күн ааспыта. Иисус Петры, Иоанны уонна Иаковы илдьэ хайа үрдүгэр үҥэ тахсыбыта.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Лука 9:28
18 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Айыы Тойон андаҕайан эппитэ, Кини ону кэмсиниэ суоҕа: «Эн Мелхиседек чыынынан үйэлэр тухары Таҥара үлэһитэҕин».


Барыларын ыыталаан баран, соҕотоҕун хайа үрдүгэр үҥэ тахсыбыта; киэһэ буолуута онно Кини соҕотох этэ.


Көй элбэх дьону көрөн, Иисус тахсан хайа үрдүгэр олорбута; үөрэнээччилэрэ тиийэн кэлбиттэригэр,


Онтон сарсыарда, халлаан өссө сырдыы илигинэ, туран дьиэттэн тахсан, иччитэх сиргэ баран Таҥараҕа үҥпүтэ.


Дьону ыытан баран, Кини хайа үрдүгэр үҥэ тахсыбыта.


Норуот бүттүүнэ сүрэхтэммитин кэннэ, Иисус эмиэ сүрэхтэнэн баран, Таҥараҕа үҥэ турдаҕына, Халлаан арыллыбыта,


Оттон Кини иччитэх сиргэ баран, Таҥараҕа үҥэрэ.


Биир күн Иисус хайа үрдүгэр Таҥараҕа үҥэ тахсыбыта; Кини түүнү быһа үҥпүтэ.


Дьиэҕэ киирэригэр Петртан, Иоантан, Иаковтан уонна кыыс ийэлээх аҕатыттан ураты атын кими да киллэрбэтэҕэ.


Биирдэ Иисус иччитэх сиргэ үҥэ сырыттаҕына, үөрэнээччилэрэ тиийэн кэлбиттэрэ. Иисус кинилэртэн: «Дьон Миигин ким дииллэрий?» – диэн ыйыппыта. Үөрэнээччилэрэ эппиттэрэ:


Иисус үөрэнээччилэрин кытта хайаҕа тахсан олорбута.


Үһүстээн эһиэхэ баран эрэбин. Суруйууларга этиллэр: «Хайа да дьыала икки дуу, үс дуу киһи туоһулаатаҕына эрэ, көрүллэр».


Христос өссө сиргэ сылдьан, Кинини өлөр өлүүттэн быыһыыр кыахтаах Таҥара иннигэр туран күүскэ ааттаһан, хараҕын уутун тоҕон, истиҥ ытыктабылынан көрдөһүүтүн ылыннарбыта.


Айыы Тойоммут Иисус Христос сүдү күүстээх кэлиитин туһунан эһиэхэ иһитиннэрэрбитигэр биһиги була сатаан оҥоһуллубут үһүйээннэргэ олоҕурбатахпыт, Кинини улуукан Бэйэтин уу харахпытынан көрбүт буоламмыт кэпсээбиппит.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ