19 «Сорох Иоанн Сүрэхтээччи диир, сорох Илия, сорохтор ханнык эрэ былыргы пророк тиллибит дэһэллэр».
чаҕардарыгар: «Ити Иоанн Сүрэхтээччи, – диэбитэ. – Кини өлөн баран тиллибит, ол иһин араас дьиктини оҥорор».
Ол саҕана Иудея кураайы куйаарыгар Иоанн Сүрэхтээччи кэлэн:
Ирод ыраахтааҕы Иисус туһунан истэн (Кини аата киэҥник биллибитэ): «Ити Иоанн Сүрэхтээччи тиллэн араас дьиктини оҥорон эрдэҕэ», – диэбитэ.
Атыттар буоллаҕына бу Илия дииллэрэ, оттон сорохтор эмиэ былыргы пророктартан биирдэстэрин курдук пророк кэлбит дэһэллэрэ.
Биирдэ Иисус иччитэх сиргэ үҥэ сырыттаҕына, үөрэнээччилэрэ тиийэн кэлбиттэрэ. Иисус кинилэртэн: «Дьон Миигин ким дииллэрий?» – диэн ыйыппыта. Үөрэнээччилэрэ эппиттэрэ:
«Оттон эһиги Миигин ким диигитий?» – Иисус ыйыппыта. «Биһиги Эйигин Таҥара Христоһа диибит», – диэн хоруйдаабыта Петр.
«Оччоҕо кимҥиний, – диэбиттэрэ. – Илияҕын дуо?» «Суох», – диэбитэ кини. «Пророккун дуо?» «Суох», – диэн хоруйдаабыта.
«Эн Христос да, Илия да, Пророк да буолбатах буоллаххына, тоҕо сүрэхтиигин?»
Мустан турбут дьон халыҥ халҕаһатыттан үгүстэр бу тыллары истэн: «Кини чахчы Пророк эбит!» – дэспиттэрэ.
Хараҕа суохтан хат ыйыппыттара: «Кини миигин көрөр гынна диигин. Эн санааҕар, Кини кимий?» «Мин Кинини Пророк дии саныыбын», – диэбитэ киһи.