16 Иисус биэс килиэби кытта икки балыгы ылан, халлаан диэки көрөн туран Таҥараҕа махтаммыта уонна тоһутан, түҥэттэрэ, үөрэнээччилэригэр биэрбитэ.
Дьону окко олордорго соруйан баран, биэс килиэби уонна икки балыгы ылан, халлааны көрөн туран алҕаабыта, онтон килиэби тоһутан үөрэнээччилэригэр биэрбитэ; үөрэнээччилэрэ ону дьоҥҥо түҥэппиттэрэ.
Онтон сэттэ килиэби уонна балыгы ылан, Таҥараҕа махтанан баран, тоһуталаан үөрэнээччилэригэр биэрбитэ, үөрэнээччилэрэ ону олорор дьоҥҥо үллэрбиттэрэ.
итиэннэ халлаан диэки көрөн туран, үөһэ тыынан баран: «Еффафа!» («Чөллөрүй!») – диэбитэ.
Итиэннэ килиэби ылан, Таҥараҕа махтанан баран, тоһутан кинилэргэ биэрбитэ уонна эппитэ: «Бу – эһиги тускутугар бэриллэр Мин Этим-сииним; Миигин ахтан-санаан туран, эһиги маннык гынар буолуҥ».
Аһаары олорбуттарыгар килиэби ылан алҕаан баран, тоһутан кинилэргэ биэрбитэ.
Кини эппитин толорбуттара.
Бары тото-хана аһаабыттара. Ордубут аһы хомуйбуттара уон икки тымтай буолбута.
Иисус килиэби ылан Таҥараҕа махтанан баран, үөрэнээччилэригэр үллэрбитин кинилэр олорор дьоҥҥо түҥэппиттэрэ; балыгы эмиэ ким төһөнү баҕарарынан үллэрбиттэрэ.
Ол ыккардыгар Айыы Тойон алҕаабыт килиэбин сиэбит сирдэрин аттыгар Тивериадаттан эбии атын оҥочолор кэлитэлээбиттэрэ.
Инньэ диэн баран, килиэби ылан, бары көрөн турдахтарына, Таҥараҕа махтаммыта уонна тутан сиэн барбыта.
Ханнык эрэ күнү ордук суолталыыр киһи Айыы Тойон туһугар суолталыыр, оттон суолталаабат киһи – Айыы Тойон туһугар суолталаабат. Ким аһыыр, ол Таҥараҕа махтанан, Айыы Тойон туһугар аһыыр, ким аһаабат, ол эмиэ Таҥараҕа махтанан, Айыы Тойон туһугар аһаабат.
Өскөтө мин махтанан туран аһыыр буоллахпына, тоҕо махтанар аһым иһин ким эрэ миигин сэмэлиэхтээҕий?
Таҥараҕа махтаммыта уонна тоһутан баран эппитэ: «Маны ылан сиэҥ, бу эһиги тускутугар тоһутуллар Мин Этим, онон Миигин өйдөөн-санаан туран маннык гынар буолуҥ», – диэбитэ.