51 Дьиэҕэ киирэригэр Петртан, Иоантан, Иаковтан уонна кыыс ийэлээх аҕатыттан ураты атын кими да киллэрбэтэҕэ.
Итиэннэ Петры, Иаковы уонна Иоанны илдьэ баран, ис-иһиттэн аймаһыйан, туоххаһыйан барбыта.
Петр диэн ааты биэрэн баран Симоны, кини быраатын Андрейы, Иаковы, Иоанны, Филиби, Варфоломейы,
Иисус маны истэн, Иаирга: «Куттаныма, итэҕэй эрэ – кыыһыҥ быыһаныаҕа», – диэбитэ.
Бары кыыһы аһыйан ытаһаллара, суланаллара. Иисус: «Ытаһымаҥ, кыыс өлбөтөх, утуйа сытар», – диэбитэ.
Бу кэнниттэн аҕыс күн ааспыта. Иисус Петры, Иоанны уонна Иаковы илдьэ хайа үрдүгэр үҥэ тахсыбыта.
Петр барыларын хостон таһааран баран, сөһүргэстээн туран Таҥараҕа үҥпүтэ, онтон бокуонньукка туһаайан: «Тавифа, тур!» – диэбитэ. Дьахтар хараҕа аһыллан, Петры көрөн баран, оронугар олоро түспүтэ.