50 Иисус маны истэн, Иаирга: «Куттаныма, итэҕэй эрэ – кыыһыҥ быыһаныаҕа», – диэбитэ.
«Итэҕэйдэххинэ, Таҥара күүһүн көрүөҥ диэн эйиэхэ эппэтэҕим дуо?» – диэбитэ Иисус.
Иисус киниэхэ эппитэ: «Мин өлүүттэн Тилиннэрээччи уонна Олоҕу Биэрээччи буолабын. Миигин итэҕэйэр киһи, өлөн да баран, тиллиэҕэ.
Онуоха Иисус бу эппиттэрин истэн, синагога тойонугар: «Куттаныма, итэҕэй эрэ», – диэбитэ.
Иисус эппитэ: «Кыыһым, эрдий! Эйигин итэҕэлиҥ быыһаата. Эйэни кытта бар».
туһунан Суруйууларга «Эйигин Мин элбэх норуот аҕата оҥордум» диэн этиллэр, онон өлбүтү да тилиннэрэр, суоҕу да баар курдук ыҥырар Таҥаратын – итэҕэйбит Таҥаратын – иннигэр Авраам биһиги аҕабыт буолар.
Иисус киниэхэ эппитэ: «Итэҕэйэр кыахтаах буоллаххына, итэҕэйээччигэ туох барыта кыаллар».
Таҥара эрэннэрбитин саарбахтыы барбатаҕа, хата бигэ итэҕэлин энчирэппэккэ, Кинини айхаллаабыта.
Дьиэҕэ киирэригэр Петртан, Иоантан, Иаковтан уонна кыыс ийэлээх аҕатыттан ураты атын кими да киллэрбэтэҕэ.