Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Лука 8:25 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

25 «Итэҕэлгит ханнаный?» – диэбитэ Кини үөрэнээччилэригэр. Кинилэр дьулайан даҕаны, дьиктиргээн даҕаны, бэйэлэрин икки ардыларыгар: «Кимий – бу Кини, тыалы да, ууну да буойан бас бэриннэрээччи?» – дэспиттэрэ.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Лука 8:25
16 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Ким үөһээ халлааҥҥа ытта сылдьыбытай? Ким тыалы-кууһу харбаан ылан, икки ытыһыгар хаайбытай? Ким устар ууну сомсон ылан, таҥаска бобо баайбытай? Ким бу аан дойду усталаах-туоратын чэрчилээн биэрбитэй? Кини аата-суола ким диэний? Уолун аата эмиэ кимий? Кинилэр кимнээхтэрин бука эн билэр буолуохтааххын!


ыйбыппын аһара диэлийбэтин диэн, байҕал кытылын бэлиэтээн биэрэригэр, сир акылаатын түһэрэригэр –


Сонно Иисус, илиитин уунан, кинини тутан ылбыта: «Кэмчи итэҕэллээх, тоҕо саарбахтаатыҥ?»


«Итэҕэлгит кэмчи, ол иһин, – диэбитэ Иисус. – Кырдьыгы эһиэхэ этэбин, өскөтүн эһиги хартыыһа да сиэмэтин саҕа итэҕэллээх туран, бу хайаҕа: „Мантан көһөн онно бар“, – диэтэргит, хайа сонно оннуттан көһүө этэ; оччоҕо эһиэхэ кыаллыбат диэн туох да суох буолуо этэ;


өскөтүн бүгүн баар, сарсын оһоххо быраҕыллар хонуу отун Таҥара итинник симиир буоллаҕына, оо, кэмчи итэҕэллээхтэр, эһигини быдан ордук симиэ суоҕа дуо?


Иисус маны истэн соһуйан, кэнниттэн батыһан иһэр дьоҥҥо эргиллибитэ: «Кырдьыгы этэбин эһиэхэ: Мин бэл Израильга маннык итэҕэли булбатаҕым.


«Тоҕо маннык куттаҕаскытый, кэмчи итэҕэллээхтэр?» – диэбитэ Иисус. Кини туран тыалы, долгуну буойарын кытта, сонно чуумпуран хаалбыта.


Ол күн киэһэтигэр Кини үөрэнээччилэригэр: «Уҥуор туоруоҕуҥ», – диэбитэ.


Хонууга үүнэн турар бүгүн баар, оттон сарсын оһоххо быраҕыллар оту Таҥара итинник симиир буоллаҕына, оо, кэмчи итэҕэллээхтэр, эһигини өссө ордук симиэ суоҕа дуо?


Кэлэн, Кинини уһугуннаран: «Үөрэтээччи! Үөрэтээччи! Өлөн эрэбит!» – диэбиттэрэ. Кини туран тыалы, сабыта охсор долгуну буойбута: сонно тута тыал да, долгун да уостан, уоскуйан хаалбыттара. Уу чуумпу буолбута.


Галилеяны утары сытар Гадара сиригэр кэлэн тиксибиттэрэ.


«Итэҕэйдэххинэ, Таҥара күүһүн көрүөҥ диэн эйиэхэ эппэтэҕим дуо?» – диэбитэ Иисус.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ