28 Эһиэхэ этэбин: Иоаннааҕар улуу пророк ийэттэн төрүү илик, ол гынан баран Таҥара Саарыстыбатыгар саамай кыралара да кинитээҕэр улахан». (
Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Иоанн Сүрэхтээччиттэн ордук улуу пророк ийэттэн өссө төрүү илик, ол эрээри Халлаан Саарыстыбатыгар саамай кыралара да киниттэн улахан.
Ол саҕана Иудея кураайы куйаарыгар Иоанн Сүрэхтээччи кэлэн:
Иоанн, бары истэн турдахтарына, эппитэ: «Мин эһигини уунан сүрэхтиибин, ол гынан баран кэннибиттэн Кэлэн Иһээччи миигиннээҕэр күүстээх. Мин Кини атаҕын таҥаһын быатын да сүөрэргэ сөбө суохпун. Кини эһигини Сибэтиэй Тыынынан уонна уотунан сүрэхтиэҕэ.
Суруйууларга кини туһунан этиллибитэ: „Көр бу, Мин илдьит киһибин Эн иннигэр ыытабын, кини Эн барар суолгун солуоҕа“.
Иисуһу истибит дьон бука бары, бэл, түһээн хомуйааччылар, Таҥара кырдьыктааҕын билиммиттэрэ; кинилэр Иоаҥҥа сүрэхтэммит этилэр;
уонна эппитэ: «Ким бу оҕону Мин ааппар ылынар, ол Миигин ылынар; оттон ким Миигин ылынар, ол Миигин Ыыппыты ылынар. Ким барыгытыттан кыра – ол барыгытыттан улахан буолуоҕа».