Лука 7:22 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ22 Иисус кэлбит дьоҥҥо эппитэ: «Баран тугу көрбүккүтүн-истибиккитин Иоаҥҥа кэпсээҥ: хараҕа суохтар харахтаналлар, доҕолоҥнор атахтаналлар, араҥ ыарыылаахтар ырааһыраллар, дьүлэйдэр истэр буолаллар, өлбүттэр тиллэллэр, оттон дьадаҥылар Үөрүүлээх Илдьити истэллэр. အခန်းကိုကြည့်ပါ။ |
«Айыы Тойон Тыына Миэхэ баар – Кини Миигин елей арыынан аҕаабыта, дьадаҥыларга Үөрүүлээх Илдьити иһитиннэртэрэ, самныбыт санаалаахтары үтүөртэрэ, билиэн барбыттарга босхолонууну, хараҕа суохтарга харахтаныыны биллэртэрэ, баттаммыттары өрө көтөхтөрө, Айыы Тойон айылгылаах үтүөкэн дьыла салаллан кэлбитин иһитиннэртэрэ Кини Миигин ыыппыта».