14 чугаһаан кэлэн хоруобу таарыйбыта, онуоха көтөҕөн иһээччилэр тохтообуттара; Иисус эппитэ: «Эдэр киһи, эйиэхэ этэбин – тур!»
Кэлиҥ, бэйэҕит билиҥ Айыы Тойон хайдахтаах үтүөтүн! Ким Киниэхэ эрэнэр, ол дьоллоох.
«Талифа куми!» – диэбитэ. (Ол аата, тылбаастаатахха, «Кыысчаан, эйиэхэ этэбин, тур!»)
Айыы Тойон огдообону көрөн аһынан: «Ытаама», – диэбитэ уонна
Өлбүт киһи өндөйөн олоро түһээт, саҥарбытынан барбыта; Иисус кинини ийэтигэр туттарбыта.
Кини туһунан маннык сурах бүтүн Иудея устун тарҕанан, тулатынааҕы сирдэри эмиэ тилийэ көппүтэ.
Иисус киниэхэ эппитэ: «Мин өлүүттэн Тилиннэрээччи уонна Олоҕу Биэрээччи буолабын. Миигин итэҕэйэр киһи, өлөн да баран, тиллиэҕэ.
Аҕата өлбүттэри тилиннэрэн, олоҕу биэрэринии, Уола эмиэ кими баҕарбытын тилиннэрэр.
Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: өлбүттэр Таҥара Уола этэрин истэр итиэннэ истэн баран тиллэр кэмнэрэ кэлэн иһэр, хайыы-үйэ кэллэ даҕаны.
туһунан Суруйууларга «Эйигин Мин элбэх норуот аҕата оҥордум» диэн этиллэр, онон өлбүтү да тилиннэрэр, суоҕу да баар курдук ыҥырар Таҥаратын – итэҕэйбит Таҥаратын – иннигэр Авраам биһиги аҕабыт буолар.
Кинилэр кистээн тугу гыналларын киһи киһиэхэ кэпсиэн да кыбыстар.