5 Итиэннэ эппитэ: «Киһи Уола субуота да күн тойоно буолар».
Итиэннэ эппитэ: «Киһи субуотаҕа аналлаах буолбатах, субуота киһиэхэ аналлаах.
Онтон кинилэргэ былыт сыдьаайбыта, ол быыһыттан: «Бу баар – Мин Тапталлаах Уолум, Кинини истиҥ!» – диир саҥа сатараабыта.
Кини аччык сылдьан, Таҥара дьиэтигэр киирэн, аҕабыыт эрэ сиир ытык килиэбин ылан сиэбитэ уонна аргыстарыгар бэрсибитэ буолбат дуо?»
Нөҥүө субуотаҕа Кини эмиэ синагогаҕа киирэн үөрэппитэ. Онно уҥа илиитэ хаппыт киһи баара.
Айыы Тойон күнүгэр Сибэтиэй Тыын миэхэ сайан, кэннибэр турба дорҕоонун санатар улахан саҥаны истибитим: «Мин Альфабын уонна Омегабын, Бастакыбын уонна Тиһэхпин.