Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Лука 6:48 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

48 Кини сири дириҥник хаһан, дьиэтин акылаатын тааска түһэрбит киһиэхэ холоонноох. Өрүс халааннаатаҕына, күүстээх уу анньан кэлэр да, таас акылааттаах дьиэни хамсаппат.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Лука 6:48
37 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Айыы Тойон тылынан халлааннар айыллыбыттара, күн, ый, сулус бары Кини эппитигэр баар буолбуттара.


Айыы Таҥара, Эн буолаҕын мин Таҥарам; Эйигин мин көрдүүбүн сарсыарда эрдэттэн, Эйиэхэ дууһам утаппыттыы дьулуһар; бу иччитэх, куура хаппыт, уута суох сиргэ сылдьан, сүрэҕим-быарым Эйиэхэ курдаттыы тардыһар;


Ыллааҥ Айыы Тойоҥҥо саҥа ырыаны; ыллаа Айыы Тойоҥҥо, сир үрдэ бүттүүнэ.


Күүстээх силлиэ түһүө да, сидьиҥнэри имири сотуоҕа, оттон кырдьыксыт үйэ-саас тухары тулхадыйыа суоҕа.


Миэхэ кэлэн Мин тылбын истэр уонна толорор киһи кимиэхэ холооннооҕун эһиэхэ этиэм.


Оттон ким Мин тылбын истэр эрээри, толорбот – ол дьиэтин кумахха акылаата суох туппут киһиэхэ холоонноох: уу тоҕо анньан кэлиэ да, ол дьиэ сонно сиҥнэн түһүө».


Маны Мин эһиэхэ, эһиги Миигинниин биир буолан, эйэҕэ тиксэргит туһугар, эттим. Бу дойдуга эһиги эрэйи көрүөххүт, ол эрээри эрдийиҥ: Мин бу аан дойдуну баһыйдым».


суолларын былаһын тухары үөрэнээччилэр санааларын бөҕөргөтө, итэҕэллэрин ыһыктыбаттарыгар такайа, «Таҥара Саарыстыбатыгар биһиги элбэх эрэйи көрсөн киириэхтээхпит» диэн үөрэтэ испиттэрэ;


эһиги эмиэ Апостоллар уонна пророктар түһэрбит акылааттарыттан үүнэн тахсыбыккыт, муннуккут тутаах тааһа эмиэ Иисус Христос Бэйэтинэн буолар.


Ол эрээри «Таҥара Бэйэтин дьонун билэр» уонна «Айыы Тойон аатын итэҕэйэр ханнык баҕарар киһи куһаҕантан тэйиэхтин» диэн бэчээттээх Таҥара бөҕө акылаата халбаҥнаабат.


Онон, бырааттарым, Таҥара эһигини ыҥырбыта, талан ылбыта өссө ордук итэҕэтиилээх буолан иһэр гына олорорго кыһаллыҥ; оннук олордоххутуна, эһиги хаһан да иҥниэххит суоҕа.


Онон, оҕолоор, Кини кэллэҕинэ куттаммат, саакка-суукка киирбэт туһугар, Кинилиин биир буолуҥ.


Эһигини охтууттан өрүһүйэн, эҥкилэ суох оҥорон, Бэйэтин Кэрэмэн Килбиэнин иннигэр үөрдэ-көтүтэ туруорар күүстээх


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ