46 Эһиги Миигин „Тойоммут! Тойоммут!“ диэн ыҥыраҕыт эрээри, этэрбин тоҕо толорбоккутуй?
Бэйэҕитин албыннанымаҥ: Таҥараны элэк оҥостубаккын. Киһи туох сиэмэни ыһар да, ол үүнүүтүн ылар.
Оччоҕо кинилэр эмиэ этиэхтэрэ: „Айыы Тойон, хаһан биһиги Эн аччык сылдьаргын, утаппыккын, эбэтэр айанньыт буолбуккун, эбэтэр сыгынньаххын, ыалдьаргын, хаайыыга сытаргын көрөн Эйиэхэ көмөлөспөтөхпүтүй?“
Биир талааны ылбыт кулут эмиэ тиийэн кэлэн: „Тойонуом! – диэбит. – Эн ыспатах бааһынаҕар быһар, тохпотох хонуугар хомуйар кытаанах киһигин мин билэр этим.
Онтон били арыы атыылаһа барбыт кыргыттар тиийэн кэлэн: „Тойоммуот! Тойоммуот! Биһиэхэ ас!“ – дэспиттэр.
Истибиккитинэн эрэ муҥурданан, бэйэҕитин албыннанымаҥ, истибит тылгытын тутуһуҥ.