Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Лука 6:29 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

29 Эйигин иэдэскэ охсубукка атын иэдэскин эмиэ тоһуйан биэр, соҥҥун былдьаан ылааччы ырбаахыгын эмиэ ыларын мэһэйдэһимэ.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Лука 6:29
15 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

мин хаайыыга сыттахпына, эһиги миэхэ кэлэн кыһалҕабын үллэстибиккит, баайгытын-дуолгутун тутан ылбыттарыгар, Халлааҥҥа итиннээҕэр быдан ордук бараммат баайдаахпыт диэн билэр буолаҥҥыт, сүтүккүтүн үөрэ-көтө аһарбыккыт.


Ким эрэ эһигини хабалаҕа хам ылар, эһиэхэ иитимньи буолар, эһигиттэн былдьаан-талаан туһанар, киэмсийэр, эһигини сирэйгэ таһыйар буоллаҕына тулуйаргыт туох да кэмэ суох.


Бэйэ-бэйэҕитин үҥсэ-харса сылдьаргыт даҕаны эһиги ааккытын улаханнык түһэрэр. Ити оннугар атаҕастанары тоҕо тулуйбатыгыт? Ити оннугар сүтүктэнэри тоҕо ордорботугут?


Инньэ диэбитигэр чугас турар харабыл: «Архиерейга итинник хоруйдуугун дуо?» – диэн баран, Иисуһу сирэйгэ охсубута.


Онтон Иисуһу сирэйгэ силлээн, иэдэскэ охсуолаан барбыттара; Кинини сирэйгэ охсо-охсо:


Күн бүгүҥҥэ диэри аччыктыыбыт, утатабыт, сыгынньах сылдьабыт, холдьоҕуллабыт, сири-дойдуну кэрийэбит,


Хараҕын саба баайан баран, сирэйгэ охсуолуу-охсуолуу: «Пророк, эт: ким Эйигин оҕуста?» – дииллэрэ.


Анания архиерей, маны истэн, Павел иннигэр турар дьоҥҥо: «Ылыҥ, уоһун ибили охсон биэриҥ!» – диэн бирикээстээбитэ.


Эйигиттэн көрдөһөөччүгэ, ким да буоллун, биэр, итиэннэ эйигиттэн ылбыт киһиттэн төттөрү ирдээмэ.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ